КУОБАХЧААН ДЬИЭТЭ


Кыһын. Ырааһыйа көстөр.


Кэпсээнньит. Бодорустахха эрэ бодо биллэр, кэргэннистэххэ эрэ кэмэлдьи биллэр. Ол курдук, куобах саһылтан хоргуппутун туһунан остуоруйаны көрүөххүт. Албын уруумсах, Саһыл Куобаҕы көрөн, ыҥыран ылар.

Саһыл. Куобах, эн сытар ынаҕы туруорбат үтүө майгылаах буоллаҕыҥ, дьиэ туттан ыаллыы буолуох эрэ, суон дурдата, халыҥ хаххата суох олус эрэйдээх.

Куобах. Чэ буоллун даҕаны, төҥкөйдөххүнэ эрэ тэллэй иһиккэ киирэр, отонноотоххо оҥоойук туолар, үлэбитин саҕалыах.

Кэпсээнньит. Сүрэхтээх киһи сүгүн буолбат, Куобах эт мэйиитинэн толкуйдаан, сэттэтэ кээмэйдээн, маһынан дьиэ туттар, Саһыл мууһунан түргэн соҕустук дьиэ оҥосто охсор.


Саһыл дьиэтэ муус, куобах дьиэтэ мас.


Саһыл. Һа-һа-һа! Куобах эрэйдээх, дьиэҥ хараҥатыын! Миэнэ сып-сырдык. Сатабыллаах саһыл саҕалаах диэн миигин этэн эрдэхтэрэ.

Куобах. Саһыл, быаргын тарбаама. Саҥарыан иннинэн санаан көр, эйиэнэ сырдыгын иһин тымныы, миэнэ, барахсан, сылааһыын.

Кэпсээнньит. Саас кэлэн, күн уота сырылаччы тыган, саһылбыт дьиэтэ ууллан хаалар. Саһыл дьиэтэ суох хаалан, Куобахха тиийэн албыннаһар, көрдөһөр, ааттаһар.

Саһыл. Куобах, ыалым барахсан, дьиэҕэр киллэр даа.. Элийбити элиэ сиир, быралыйбыты бырдах сиир. Дьиэтэ суох хааллым, аһын-харыһый!

Куобах. Тоҕо күлүү гыммыккыный! Киллэрбэппин!

Саһыл. Бырастыы гын, Куобахчаан, эн диэтэх киһи аччыгы аһатар, тоҥмуту ириэрэр, ыалдьыты маанылыыр буоллаҕыҥ дии. Киллэр даа...

Куобах. Чэ, чэ, киир, оннооҕор туу сүрэхтээх.

Кэпсээнньит. Саһыл, Куобах дьиэтигэр киирээт да, тимир тириитин кэтэр.

Саһыл. Дьиэлээх аҕай буолаҥҥыҥ, улаатымсыйаҕыҥ, бар мантан, эйигин кытта олоруохпун да баҕарбаппын!

Куобах. Эдьиий, хахай бодотугар түһүмэ, эйэлээхтик олоруох.

Саһыл. Киэр буол! Аны бу мин дьиэм.

Кэпсээнньит. Куобах эрэйдээх ытыы олордоҕуна, Ыт сүүрэн кэлэр.

Ыт. Ам-ам-ам! Куобах, тоҕо хараҕыҥ уутун тохтуҥ?

Куобах. Хайдах ытыам суоҕай? Муҥнаах булугас, эрэйдээх этигэс. Саһыл муус дьиэлээх этэ, миэнэ мас. Саһыл дьиэтэ ууллан хаалан, миэнин былдьаан ылла. Бэйэбин үүрэн кэбистэ.

Ыт. Ытаама, Куобах, мин Саһылы үүрүөм. Ам-ам-ам, Саһыл, Куобах дьиэтиттэн таҕыс!

Саһыл. Сулбу ойон тахсаммын, тириигин тырыта тыытыам, түүгүн өрүтэ көтүтүөм!

Ыт. (куттаммыт). Тыала суохха мас хамсаабат, кэбис, куобах, мин бардым.


Куобах күүскэ ытыыр, Бөрө кэлэр.


Бөрө. Уу-уу-уу! Куобах, тоҕо хараҕын уутун тохтуҥ?

Куобах. Хайдах ытыам суоҕай? Муҥнаах туҥатыйарын, эрэйдээх иһиллэтэрин таптыыр. Саһыл муус дьиэлээх этэ, миэнэ мас. Саһыл дьиэтэ ууллан хаалан, миэнин былдьаан ылла. Бэйэбин үүрэн кэбистэ. Ыый-ыый...

Бөрө. Ытаама, куобах, мин үүрүөм! Уу-уу-уу! Куобах дьиэтиттэн таҕыс!

Саһыл. Сулбу ойон тахсаммын, тириигин тырыта тыытыам, түүгүн өрүтэ көтүтүөм!

Бөрө (куттаммыт). Үрүҥ харахпын өрө көрдөрүө суох, кэбис, Куобах, мин бардым.


Куобах өссө күүскэ ытыыр, Эһэ кэлэр.


Эһэ. Куобах, тоҕо хараҕын уутунан сууннуҥ?

Куобах. Хайдах ытыам суоҕай? Муҥ маһы кэрийбэт. Саһыл муус дьиэлээх этэ, миэнэ мас. Саһыл дьиэтэ ууллан хаалан, миэнин былдьаан ылла. Бэйэбин үүрэн кэбистэ. Ыый-ыый...

Эһэ. Ырр-ырр-ырр, ытаама, куобах. Эр бэрдэ сүрэҕинэн, эһэ тыҥыраҕынан. Мин үүрүөм. Саһыл, Куобах дьиэтиттэн таҕыс!

Саһыл. Сулбу ойон тахсаммын, тириигин тырыта тыытыам, түүгүн өрүтэ көтүтүөм!

Эһэ. Ырр-ырр, уйабар уу киирдэ, кэбис, куобах, мин бардым.


Куобах өссө сэтэрээн ытыыр. Бөтүүк кэлэр.


Бөтүүк. Ку-ка-ре-ку! Бу туох буолан, хараҕыҥ уутун тохтуҥ?

Куобах. Хайдах ытыам суоҕай? Саһыл дьиэбиттэн үүрэн кэбистэ. Ыт, Бөрө, эһэ үүрэ сатаатылар да, кыайбатылар.

Бөтүүк. Ытаама, куобах, мин үүрүөм! Ку-ка-ре-ку! Дьүһүммүн көрөн сэнээмэ, сытыы хотуурбун сүкпүтүнэн, тимир тириибин кэтэн кэллим, Саһыл түөкүн, тахса оҕус, төбөҕүн быһа охсуом! Ку-ка-ре-ку!


Саһыл куотар, Куобах үөрэр.


Бөтүүк. Дьэ, Куобах, Саһыл майгытын биллиҥ ини.

Куобах. Бөтүүкчээн, өрүһүйбүккэр махтанабын. Эн биһикки бииргэ олоруох.

Кэпсээнньит. Онтон ыла куобахтаах Бөтүүк күн бүгүнүгэр диэри сүүс сүүстэриттэн өйөһөн-өйдөһөн олороллор.



Made on
Tilda