КЭЧЧЭГЭЙ БАЛЫКСЫТ
Музыка. Дьиэҕэ эмээхсиннэх оҕонньор төгүрүк остуол тула олороллор.
Кэпсээнньит. Былыыр-былыр эмээхсиннээх оҕонньор элбэх хаары санныларыгар сүгэн, икки ардыларынан уу тэстибэт доҕордуу буолан олрбуттара эбитэ үһү. Оҕонньор, өбүгэтин туйаҕын хатаран, тууһут идэлээх эбит. Сүрэхтээх сүгүн буолбат, күөлгэ бараары хомунар.
Оҕонньор. Ас халлаантан түспэт, бараммын туубун көрүүм.
Оҕонньор күөлгэ кэлэн, туутун көрөр.
Ок-сиэ, эрэйдэммит киһи аһыыр диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Эмээхсиммэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах тиийииһикпин дии. (Балыгын хомуйан иһиккэ угар. Дьиэтигэр киирэн балыгын эмээхсинигэр биэрэр)
Эмээхсиэн, балыкта буһар эрэ. (Остуолга олорор).
Кэпсээнньит. Эмээхсин күөһүн буһара сырыттаҕына, ыалдьыт дьиэҕэ киирэн кэлэр.
Ыалдьыт. Дьиэлээхтэр, нөрүөн-нөргүй.
Саҥарбаттар, ыалдьыт сыгынньахтанан остуолга олорор.
Ынах маҥыраһан, сылгы кистэһэн, киһи кЭпсэтэн билсэр. Туох сонун. Кэпсиэ.
Оҕонньор. Суох...Хайа диэки айаннаан иһэр киһигиний?
Ыалдьыт. Биһикпин ыйаабыт сирбэр, дойдубар. Сылдьар да сылаалаах, олус илиһинним, аччыктаатым.
Оҕонньор ойон туран, эмээхсинигэр барар.
Оҕонньор. Эмээхсиэн, мундууруйа солууруйа буһаарыйа, собооруйа хоспооруйа кистээрийэ.
Остуолга кэлэн олорор, эмээхсин соболору талан таһырдьа таһаарар.
Кэпсээнньит. Эмээхсин тимир тириитин кэтэн, дьэбин уоһуйан остуолга мундулары аҕалар. (Ыалдьыт ойон турар).
Ыалдьыт. Бытыгын быһа үктүөр дылы өйдөммөтөх, тимир илиилээх, кытаҕас ытыстаах дьон эбиккит. Быраһаайдарыҥ. (Тахсан барар).
Кэпсээнньит. Оҕонньордоох эмээхсин мундуларын, соболорун бэйэлэрэ сиэбиттэр. Аат-суол ыраах барар, кинилэргэ ким да сылдьыбат буолбут. Эбэлэрэ, кэччэгэйдэрин иһин, булду биэрбэт буолбут.